"Акуу. Курдук аҕаһа Аача буоланнар Амма өрүс төрдүттэнырааҕа суох Аллан өрүскэ Сайдыы диэн сиргэ көспүттэрэ сыл аҥаара буолла. Уол сүүрэ-хаама сылдьар, бэйэтин сааһыгар додо курдук саҥарар. Оҕо эһэтигэр Ноттуо Торопууҥҥа умньанан, киниэхэ оҕо курдук буолла. Чугас ыалларыгар бэйэтин кытта сиэттиһэн ильдьэ сылдьарыгар үөрэнэн, ханна эмэ тэйиччи үлэлии барарыгар сайыһан 'айдаарсыы' буола сылдьыбыта. Акуу кэнники эһэтэыраах барарыгар барсыбатын билэн аймаммат. Оҕо кэтэһэрэ уонна үөрэрэ адьас аттынааҕы күөллэригэр тууну уонна илими көрө киириилэрэ буолла. Акуу тыы тумсугар анал олох маска хам бааччы, эһэтин диэки сирэйдэнэн олорон, эһэтэ эрдии салбаҕынан тардан ууга оҥорбут долгуннарын, собону илимтэн араарарын болҕойон көрөр.