Былыр икки уоллаах дьадаҥы киһи олорбута эбитэ үһү. Өлөр күнэ кэлбитигэр, уолаттарын ыҥыртаан ылан эппит:
– Оокколоруом, сотору эһиги бэйэҕит эрэ хаалыаххыт… Бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөсүһэн, иэдээҥҥэ түбэстэххитинэ өрүһүйсэн, эйэлээхтик олорооруҥ.
Инньэ диэн кэриэһин этэн баран өлбүт. Сотору буолаат, уолаттар кыраттан да мөккүһэн, этиһэн барбыттар.
Арай биирдэ кыра уол түһээбит, ол түһээтэҕинэ, киниэхэ аҕата кэлэн эппит:
– Тоҕойуом, эйигиттэн көрдөһөбүн: туох баарын барытын убайгар биэр – кини оҕолоох-уруулаах, ыал аҕата эбээт. Оттон бэйэҥ мин эргэ карнайбын ылан аан дойду устун айаннаа. Аһыыга-абаҕа ылларбыт да дьоҥҥо, үөрэр-көтөр да дьоҥҥо карнайгынан оонньоо. Оннук сылдьан дьолгун булуоҥ.
Кыра уол ити курдук оҥорбут: туох баарын убайыгар биэрбит уонна бэйэтэ эргэ карнайы ылан айаҥҥа туруммут.
Биир киэһэ улахан хайа хаспаҕар кэлэн хонорго быһаарыммыт. Бу хаспах абааһылар кэлэн тохтуур, кыһыл көмүстэрин, атын сыаналаах малларын аҕалан кистиир сирдэрэ буоларын хантан билиэй.
Арай түүн үөһүн саҕана абааһылар тиийэн кэлбиттэр да ким тугу, хайдах ылбытын туһунан киһиргээн куотуһа-куотуһа кэпсэппиттэр:
– Мин биир ыраахтааҕы кыыһын иирдибитим, – диир маҥнайгы абааһы. – Ол кыыһы эмтээн үтүөрдүбэтиннэр диэн, биир да эмп киниэхэ туһалаабат гына, киһи хараҕар көстүбэт икки абааһыны батыһыннара сылдьыбытым.
– Кини ол ыарыыттан хайдах гынан үтүөрүөн сөп этэй? – диэн иккис абааһы ыйыппыт.
– Арай кини таһыгар эмискэ карнай тыаһаатаҕына, көстүбэт абааһылар куттанан куотуохтар этэ, оччоҕо эрэ үтүөрүөн сөп, – диэн маҥнайгы абааһы эппиэттиир.
Бу кэмҥэ абааһылар баһылыктара кэлэр:
– Һуу-һуу, киһи сыта баар, билэҕит дуо? – диэн хаһыытыыр.
Абааһылар хаспах иһигэр төттөрү-таары сырсыакалаһан, дэлби куттаммыт уолу тутан аҕалаллар.