⇚ На страницу книги

Читать Урут бобуллубут айымньылар

Шрифт
Интервал

Аан тыл

Саха литературата, биллэрин курдук, толору көрүҥүнэн ХХ үйэ саҕаланыытыгар үөскээбитэ. Маҥнайгы суруйааччыларбыт Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Анемподист Софронов-Алампа, Николай Неустроев бэйэлэрин айымньыларыгар саха олоҕун-дьаһаҕын, оччотооҕу кэм бары кыһалҕаларын дириҥ хорутуулаахтык уонна киэҥ хабааннаахтык көрдөрбүттэрэ. Саха уратылаах өйө-санаата, толкуйа хааччахха хаайтара илик кэмигэр үлүмнэһэ үлэлээн, литературабыт көмүс кылаата буолбут бастыҥ айымньыларын суруйан хаалларбыттара. Хомойуох иһин, ити көҥүл кэм уһаабатаҕа. 1920-с сс. ортолоруттан уус-уран литератураҕа судаарыстыба уонна былаас өттүттэн кытаанах хонтуруол олохтоммута. 1925 с. бэс ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт партия Киин кэмитиэтин «О политике партии в области художественной литературы» диэн ааттаах резолюцията уус-уран литератураҕа «күөрэйтэлиир» контрреволюционнай көстүүлэри, баайдыы санааны утары күүстээх охсуһууга ыҥырбыта. Саҥа үөдүйэн эрэр саха литературнай кириитикэтэ бу тыалга оҕустарар, классик суруйааччылар айар нэһилиэстибэлэригэр нигилистии хаҕыс сыһыан бу кэмтэн үөскүүр.

1927 с. буолбут П.В. Ксенофонтов баһылыктаах былааһы утарар хамсааһын саха интэлигиэнсийэтин, ол иһигэр суруйааччылар, үрдүлэринэн барбыта. Бу долгуҥҥа хаптаран, уопсастыба уонна култуура биллэр диэйэтэллэрэ, литератураны төрүттээбит В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, А.И. Софронов-Алампа, айымньылара «Чолбоҥҥо» бэчээттэнэн, суруйааччы быһыытынан саҥардыы биллэн эрэр Г.В. Баишев-Алтан Сарын, П.И. Оросин-Хайыкы Бүөтүр, литературнай кириитик В.Н. Леонтьев хаайыы дьоно буолбуттара. 1928 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр партия Киин кэмитиэтин «О положении в Якутской организации» уурааҕа ылыныллыбыта. Манна обком биир сүрүн алҕаһын быһыытынан националистыы санаалаах саха интэлигиэнсийэтин үрдүкү араҥатын бэйэтигэр тардыбыта ыйыллыбыта. Н.П. Канаев «Зарождение и становление литературной критики в Якутии (1925—1940 гг.)» үлэтигэр суруйар: «Теперь все, что было сказано в постановлении в отношении “верхушечной части” националистически настроенной интеллигенции, стало целиком переноситься на литературу, в частности, на оценку творчества дореволюционных писателей. …Следовательно, никакой преемственности в якутской советской литературе не должно существовать, ибо развивается она на принципе строгой пролетарской классовости. Исходя из такой узко понятой природы пролетарской литературы, якутские критики стали полностью игнорировать значение дореволюционного литературного наследия для развития якутской литературы». Ити курдук, сүүрбэһис сыллар бүтүүлэриттэн литература уонна искусство айымньыларыгар партийнай-кылаассабай сыһыан букатыннаахтык олохсуйар, «бобуулаах» суруйааччылар уонна айымньылар диэн баар буолаллар.

Саха литературатын төрүттээбит классиктар, саарбаҕа суох, баайдыы санаалаах, омугумсук көрүүлээх суруйааччылар кэккэлэригэр киллэриллибиттэрэ. Манна суруйааччылар социальнай төрүттэрэ, ханнык араҥаттан үүнэн-үөскээн тахсыбыттара кырата суох оруолу оонньообута. Ол курдук, Күлүмнүүр Дүпсүн улууһун, Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан Таатта улууһун кулубата буолан үлэлээбиттэрэ, Н.Д. Неустроев Байаҕантай уонна Таатта баайдара Слепцовтартан уонна Оросиннартан сыдьааннааҕа, Алампа убайа В.И. Софронов ВЯОНУ чилиэнигэр кандидат буола сылдьыбыта барыта аахсыллыбыта. Биллэн турар, көҥүл санаалаах, төрөөбүт норуоттарын муҥура суох таптыыр суруйааччылар айымньыларын ис хоһооно саҥардыы олохсуйан эрэр социалистическай реализм ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт этилэрэ. Өксөкүлээх нэһилиэстибэтиттэн элбэх мөккүөрү таһаарбыт, араас утарсыылаах санаалары үөскэппит айымньынан «Ойуун түүлэ» поэмата буолбута. Кириитиктэр поэманы националистыы санааны күөртүүр айымньынан аахпыттара, эдэр ойууннары кыырарга үөрэтэр босуобуйа да диэн сыаналаабыттара, поэты киһини абааһы көрөр теорияны олохтообут Англия аҕабыыта Мальтус үөрэҕин тарҕатааччыларга да сыбыы сылдьыбыттара. Айымньы ортотугар сылдьар сэбиэскэй былаас туһунан суруллубут кэрчиги туспа тутан, эпилог курдук айымньы кэннигэр бэчээттииллэрэ эбэтэр олох даҕаны ылан быраҕан кэбиһэллэрэ. Айымньы ааптар хайдах суруйбутунан 1993 с. биирдэ тахсан турар.