⇚ На страницу книги

Читать Күнүү

Шрифт
Интервал

1. Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх…

ТИРГЭҺИТ

Ийэ уолун кытта ууга барбыт чааркааннарын чөлүгэр түһэрэн хос тиритии-хорутуу, сүүрүү-көтүү буолбуттара. Ити кэмтэн икки ый биллибэккэ элэҥнээн хаалбыта. Аны чааркаан таһынан тиргэлииргэ санаммыттара. Мэлдьи түргэн хаамыылаах ийэтин кэнниттэн, хардыы да хаамыыны хаалбакка, Ньуккуу тэбис-тэҥҥэ түсүһэн испитэ. Сарын үрүйэтин арҕаа баһыгар хойуу оттоох үрдүк дулҕалар икки ардыларынан, кус дулҕаҕа салгылыы тахсар ороҕор, бэйэлэрэ оҥорбут сэттэ тиргэлэрин сүбэлэһэ-сүбэлэһэ ииппиттэрэ. Сүөкүлэ туттарыгар-хаптарыгар сөп түбэспэт наҕыл саҥалааҕа, намыын куоластааҕа:

– Ньуккуу, бу кэмҥэ кус оҕолоро сатаан көппөттөр. Ол иһин «күөх дабыдал» дэнэллэр, – ийэтэ уолугар утары быһааран иһэрэ.

Ньуккуу аны үс хонугунан Аллан арыытыгар дьоҥҥо от кээһиитигэр көмөлөһө киириэхтээҕэ. Кини сүрүн үлэтэ Дьархан уолугар оҕус сиэтиитэ этэ. Ол иһин бу сар- сыарда ким хайа иннинэ уһуктаат, тиргэтин көрө сүүрбүтэ. Аҕылаан-мэҥилээн тиийээт, хараҕар көрбүтүн итэҕэйбэккэ, тыынан бөтүөхтүү турбута. Кини көрдөҕүнэ, эгэлгэ кэрэ дьүһүннээх куорсуннаах, кыһыл атахтаах кус тиргэҕэ эриллэн тиэрэ түһэн сытара. Чочумча турбахтаат, аны көтөн хаалыа диэбиттии, оргууй сурдурҕаан тиийэн имэрийэн көрбүтэ… Сыыспатах эбит! Кус иҥнибит! Ньукулай дьоллонон хараҕа уоттана түспүтэ, икки өттүгүн таһыммыта, кырдьаҕас дьон үөрдэхтэринэ тутталларын санаан, бэдьэрэ былаастаах үҥкүүлээбитэ. Куһун туһаҕыттан нэһиилэ арааран ылбыта, ыарахана илиитигэр улаханнык биллэрэ. Маҥнайгы булда буолан долгуйан да, кыбыстан да дьоҥҥо көрдөрүмээри, ырбаахытын иһигэр уктан дьиэтигэр төннүбүтэ. Ааны аһан киирээт:

– Ийээ, мин бултуйдум! – куһун туттаран эрдэҕинэ, Сүөкүлэ уоһун иһигэр ботугураан:

– Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх, бааттаах, байанайдаах булчут буол, – диэн алҕаабыта.

Куһу сирийэн көрөн иһэн, саҥа аллайа түспүтэ:

– Хор, оҕом булчут буолан аһатар-сиэтэр кэмэ кэлбит эбээт! Атыыр көҕөнү бултаабыккын дии, оҕом сыыһа! Бу дьолу! – ийэ барахсан хараҕа уунан туолбута, уолун бэйэтигэр сыһыары тардан, төбөтүттэн сыллаан ылбыта.

Мантан ыла Ньуккуу булт амтанын билбитэ.

ТУҺАХХА ИҤНИБИТ КУОБАХ

Биир киэһэ аһыы олорон, Сүөкүлэ уолун ыйытыытыттан өрө ходьох гыныар диэри соһуйда:

– Ийээ, биһиги далбыт кэтэҕинээҕи тыаны бэйэбит бас билбэппит дуо? Тоҕо итиннэ туһахтаабаппытый? – уонна харда күүтэн, чоҕулуччу көрөн олороохтоото. Сүөкүлэ чочумча саҥата суох олордо. «Бастаах» дьон «кыраларга» сыһыаннарын оҕо өстүйбэтин курдук хайдах быһаарыан билбэтэ. Онтон санаабытыттан олох атыны эттэ:

– Ыы, оҕом санаата модьутун көр. Биһиги бас билэр кыахпыт суох. Итиннэ Кубалаахтан балтараа көстөөх сиргэ олорор Дыадай баай туһахтыыр. Биһиги кыттыспаппыт, ити туһунан аны санаама. Онуоха Ньукулай:

– Ити биһиги тыабыт! Биһиги эрэ бултуохтаахпыт! – диэн кэлиилии кэбэ олордо. Дьэ, иннин биэрбэт киһи буолан биэрдэ.

Ити итинэн ааһан хаалыа эбитэ буолуо да, уол биир күн, отонноон сиэри, ыллык устун ойуур иһигэр киирбитэ. Онтон эмискэ туох эрэ букунайар тыаһын истэн, ойоҕоһун диэки хайыһа түспүтэ, маҥхайан эрэр бөп-бөдөҥ куобах туһахха иҥнэн өрө мөхсө сытар эбит. Өйүгэр ийэтин кытта кэпсэтиитэ охсуллан ааста да, «тыата – биһиэнэ, аһа – биһиэхэ» диэн өйдөбүл кытаанахтык иҥэн хаалбыт эбит. Ыстанан тиийдэ да куобаҕын кууһа түһэн өлөрөөрү гыммыта – кыайтарбат, ырбаахытын дуомун хайа тэбэн, иһин сиирэ-халты хайыта тыытар. Хата, киниэхэ анаммыт курдук, бугул тоһоҕото саҕа мас сытарын ылан төбөҕө охсор, онуоха туһаҕа быһа барар. Куобаҕа дөйүөрэн кыайан хамсаабат буолбутун ураҕаһынан сабыта эттээн өлөрөр. Дьиэтигэр аҕалан: