Халыҥ хаарынан сабыллыбыт намыһах дулҕалаах үрүйэ баһа көмнөхтөөх лабааларын намылыппыт лиҥкир тииттэрдээх хонноҕунан муҥурданар. Хоннох ортотугар хордоҕой сиргэ тутуллубут муус түннүктэрдээх, тилэһэ хотонноох балаҕан оһоҕун хоротуттан көстө-көстүбэт буруо тахсан салгыны дьиримнэтэр. Аата сир баранан, манна эмиэ дьиэ туппуттар эбит дуу диэн, киһи соһуйа көрүөх курдук уораҕайа.
Кыһыҥҥы бытархан тымныы түһэн, сири-дойдуну иччилиир итии хааннаах баара барыта саспыт, кирийбит курдук уу чуумпу. Ол эрээри имириир тыыннаах хайдах суох буолуой? Аламай күн киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитигэр ойон тэгилийэн тахсан, тииттэр быыстарынан сырдата тыктаҕына, дөрүн-дөрүн чооруос чыычаах үөрүн саҥата тыа баһынан дьы-ыыр диэмэхтээн ааһыаҕа. Ханна эрэ тоҥсоҕой торулуо. Биирдэ эмэтэ үөһээнэн көтөн ааһар хара суор «халып» диэн саҥарбыта иһиллиэ.
Онтон күн арҕаа санньыйан, чугас сабырыйан турар тииттэрдээх хара тыа кэтэҕэр түстэҕинэ, эмиэ туох да суоҕун курдук, ньим уоһуйуо. Киһи кута-сүрэ тохтообот түҥкэтэх дойдута.
Ол эрээри олохсуйан олорор дьоҥҥо оннук буолбатах. Бу үрүйэ баһа Таһымаан Дьаакып диэн оҕонньор сааһын тухары олохсуйбут түбэтэ. Төһө да дьадаҥы буоллар, кимтэн да умналаабакка, бэйэтин бэйэтэ көрүнэн сэттэ уон сааһыгар тиийдэ. Уола – Бараах Байбал – түөрт уон саастаах эдэр киһи. Кийиитэ Былтаҥныыр Мааппа дьадаҥы ыал кыыһа буолан, туох да иҥэ-дьаҥа суох үлэһит дьахтар. Байбаллаах Бүөтүччээн диэн саҥа туран эрэр уон сэттэтин ааспыт уоллаахтар.
Үс ыанар ынахтаахтар. Көлүнэр оҕустаахтар. Икки борооскуну кытта биир тиҥэһэ бургунаһы кыстатан туруораллар. Нэһилиэк уһугар, кытыы сиргэ, олорор буоланнар, бэркэ бултаан, балыктаан, айахтарын ииттинэн олорор ыал.
Бүгүн эт сиир дьоро киэһэлэрэ. Саха дьоно эти тото-хана, астына сииллэрин сөбүлүүллэр. Ол кэриэтин дьоро киэһэ кэнниттэн икки, үс эбэтэр түөрт да хонукка идэһэ этин сиэхтэрэ суоҕа. Эт сиэбэт ньыкы киэһэлэригэр, баар буоллаҕына, куобах этин буһараллар.
Ыргыччы буспут сыалаах эттээх улахан көһүйэни Мааппа буруолаппытынан көтөҕөн аҕалан, намыһах атахтаах остуолга уурар. Хаҥас оронтэн нэлэгэр удьурхай кытахтары, миин кытыйатын, мас хамыйахтары аҕалан уурталыыр. Өтөр эт сиэбэккэ хобдоҕурбут, аччыктаабыт дьоҥҥо буспут эт минньигэс сыта биллэр.
Эт хоторуллаатын кытта бары остуол тула олорон саҥата суох аһаан кимиритэллэр. Остуол ортотугар турар кытыйаттан итии миини хамыйаҕынан баһан ылан сып-сырыйаллар. Оһоххо умайан күлүбүрүүр уот сырдык толоно дьиэ эркинин саһара хараарбыт холлоҕоһугар түһэн, биллэ-биллибэттик дьиримнэтэр. Муус түннүктэр кубарыһаллар. Эт сиэн баран суорат сиэччилэр. Билигин ханнааҕы суораттара кэлиэй. Биир ынахтара уолбута. Икки ынах сыппатар да үүттэрэ кыра. Ону күнүскү аһылыкка кыынньаран иһэллэр.
Киэһэ аһылык кэнниттэн, утуйуохтарыгар диэри, иллэҥ кэмнэрэ. Мааппа аһаабыт иһити хомуйар. Оҕонньор көнө саастаах маһы талан, оһох чанчыгар олорон тымтык тыырар. Маһын хайыталаан, эргитэ-эргитэ имиллэҥнэтэн, чап-чараас гына тыыра-тыыра холумтаҥҥа быраҕаттыыр. Байбал тото аһаабыт киһи быһыытынан, хомуллубут утуйар таҥаһыгар өйөнөн, тиэрэ түһэн сытар. Мааппа кыл көлбүһэҕинэн иһитин сууйа охсон, хаҥас диэки илдьэн иһит оронугар уурталыыр. Үөттүрэҕи ылан оһоххо туруору ууруллубут имик-самык умайар хардаҕастары эргитэ аспытыгар, уот күүдэпчилэнэ умайан, дьиэ иһэ сырдыы түһэр.