⇚ На страницу книги

Читать Хоhооннор

Шрифт
Интервал

© Артемий Афанасьев, 2021


ISBN 978-5-0053-8756-1

Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

Афанасьев Артемий Викторович – Артыамый

Бэйэм туспунан кылгастык


1950 сыллаахха Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгэр, Төҥүттэ алааһыгар төрөөбүтүм. 1966 с. Чычымах аҕыс кылаастаах оскуолатын, 1968 с. Харбалаах орто оскуолатын бүтэрбитим. 1974 с. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын орто сүһүөх салайааччыларын бэлэмниир техникумун «Зоотехник- тэрийээччи» идэлээх бүтэрбитим. Тааттаҕа «Коммунизм» совхоз МСКТ комитетын босхоломмут секретарынан, Орто Халыма улууһун СПТУ-18 маастарынан, Алаһыай совхозка рабочком председателинэн, Алаһыай нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун председателинэн, Орто Амма нэһилиэгин баһылыгынан, «Талкы» комбикорм оҥорор сыах рабочайынан үлэлээбитим. Орто Халыма Кульдино с. кыыһынаан 1973 с. ыал буолан, оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.


Күндү ааҕааччы!


Саха киһитэ буолан төрөөммүн дойдуга тартарыы, ахтылҕан ааспат мискиирэ аалан бэйэм испэр ииппит санааларбын эһиги билиигитигэр таһаардым. Киһи киһи тус туһунан өйдөбүллээх, араас кэм кэрдии быыһык бириэмэтигэр. Онон мин санаам, иэйиим барыгытыгар сөп түбэһиэ диэн санаабыппын, ол да буоллар атынныы өйдөбүллэри күөдьүтэн сырдыкка, кэскиллээххэ ыҥырыахтара диэн эрэнэ саныыбын.

Мин олорон ааспыт сылларым элбэх араас мускууру аастахтара. Үөрүү, өрөгөй да кэмнэрэ, хомолто- хоргутуу ыар күлүгэ да бааллара.

Туох барыта кыраттан саҕаланар уонна улахаҥҥа тириэрдэр аналлаах, ол иһин кыраны өйдөөн көрөр, сыаналыыр киһи олоҕор ситиһиилээх буоларын хойутаан да буоллар өйдөөһүн син биир туһалаах диэх этим.

Бииргэ төрөөбүттэр анабыллара

Күндү быраатым Артыамый!
Хоһоонноргун хомуйан
Күннүк-хомуурунньуккун
Оҥорбуккун астынабын.
Суруллубут суоруллубат,
Хас саҥа күн күндү, кэрэ,
Хоһоон алгыһы айхаллыыбын,
Сэниэ эбэрин уруйдуубун,
Сырдыкка сиэтэрин астынабын.
Хоһоонноргор көрөбүн
Оҕо сааспыт олоҕун:
Дьоллоох оҕо саас,
Ийэ, аҕа, эбэ, эһэ
Толору ыал туруга.
Элбэх оҕо эрчимэ
Этэрээт бэйэтэ.
Эргитэн эттэххэ,
Эриэккэс да кэмнэр
Элэҥнээн ааспыттар.
Сылаас дьиэ, итии чэй,
Сылаас сыһыан, истиҥ мичээр
Сарсыардаттан арыаллыыра.
Сырдык күн кылбайар,
Саҥа күн сандаарар
Остуоруйа дойдута
Ойууланар биһиэхэ.
Сиэннэргиниин сиэттиһэҥҥин
Сэһэргэһэн, сэргэхсийэн,
Үөрүүҥ-көтүүҥ үксээтин,
Үйэҥ, үлэҥ уһаатын!
«Эһиил баччаҕа диэри
Этэҥҥэ буолуоҕуҥ,
Байан-тайан тиийиэҕиҥ»,
Ийэбит этиитин
Ыҥырыы оҥостон,
Ийэбит ууһун уһатыаҕыҥ,
Аҕабыт ууһун аатырдыаҕыҥ,
Дьоллоох буолуоҕуҥ!
Баҕа санаалар, сырдык ыралар
Туола турдуннар,
Кэнчээрилэр кэҥээтиннэр,
Ыччаттар ыал буоллуннар,
Ыаллар туруктаах олордуннар!
Саастаахтар, саллымаҥ
Дьоллоох киһи кырдьар,
Өйөһүҥ, өйдөһүҥ,
Эйэлээх олоруҥ,
Таптааҥ, таптатыҥ,
Талаһыҥ олоххо!
Ситиһии сиэттистин,
Алгыс арыаллаатын!
Эдьиийиҥ Анна Викторовна
Күндү убайым Артемий Викторович!
Саҥа күнү айхаллаан,
Сүрэҕиҥ сылааһын,
Санааларыҥ сырдыгын
Сурукка тиһэн
Салгын ситиминэн
Сэргэхситэ ыытаҥҥын,
Сыыдам олох тэтимигэр
Сиэрдээх ыллыгы тутуһан,
Ситиһии суолугар тахсан,
Сайдыы хонуутугар хаамарга
Сүбэ, өйөбүл буолаҕын.
Союз оҕото буолаҥҥын
Сынтарыйары билиммэккэ,
Стахановтыы үлэ кэмигэр
Суобаскын былаах оҥостон,
Сүүһүнэн комсомол ыччакка
Сирдээччи сулус буолбутуҥ!
Саныыр ол кэм ыччата
Сэргэхтик киэн тутта,
Ситиһиилээх үлэ үөрүүтүн,