⇚ На страницу книги

Читать Санатыма дуу, ааспыты…

Шрифт
Интервал

Сэһэн

Санатыма дуу, ааспыты…

Сэттэ күнү быһа сүрэҕэлдьээбиттии, бэркэ сыралаһан самыырдаабыт халлаан, сиигин-силбигин симэлитэн, сарсыардаттан сылаас баҕайы сардаҥалардаах ыраас күнүн сатыылаппыт. Итиччэ үлүгэрдээх уутун-убаҕаһын барытын ханна иҥэринэн, хайдах угуттана охсубута буолла, айылҕа барахсан бу да сырыыга бэрт дьиктитик дьаһаммыт. Чугас эргин бадараан баһылла сытара эмиэ көстүбэт, бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри көлүйэ саҕа килэйэ чаалыйбыт чалбахтан туох да ордубатах.

Арай салгын биллэ ырааһырбыт чинчилээх. Сиик туох да сыта суох дииллэр да, эҕирийдэххэ ураты минньигэс, көрү-көҥдөй уонна дьэп-дьэҥкир туох эрэ ыраас соҕотохто тыҥаҕын толорор, санааҕын күүрдэр, сүрэххин көнньүөрдэр. Быһата, сонно курдары киирэн, эттиин-сиинниин тилийэ сүүрэн, улугурбут бэйэҕин чэбдигирдэн, тип-тилигирэс оҥоруохча…

Аҥаардыыта саһара охсубут эрээри, билигин да тулуйбахтаһыах кэриҥнээх таллан эриэн сэбирдэхтэр, субу да тохтон саккыраабаталлар, сотору, тыал кыратык эмэ үрдэр, баайсан туран туллуохтуу, тэлээрэн тиийэн сири-буору сырдатыахтарын бэркэ баҕарар курдук, сибигинэһиэх-хобугунаһыах айылаахтар. Ити сирилэһэр суугуну, арааһа, сиккиэри кытта дьүөрэлиэххэ сөп. Хайдах эрэ киһини дуу, дьону дуу, хардарыта түсүһэн омуннаахтык кэпсэтэрин санатар ити сэбирдэхтэр бу кэм кэмчи эрээри, син балачча сылаас, элбэх сарадахтаах, сэниэлээх сардаҥалардаах күнүн тиһэх күүһүн барытын бэйэлэригэр ыга тардынан, ону иҥэринэн ордук сырдаабыкка дылылар.

Оттон күһүн соччо-бачча чобооххойон дьырылаччы ыллаабат чыычаахтар дьарыйар-дьаныһар үлэлэрин күүһүрдүбүттэр кэриҥнээх. Тоҕо эрэ, биһиги саныырбытынан, ырыалара, дьиҥ иһигэр саҥалара буоллаҕа, быһыта-орута, ырып-чырып уонна, хайдах эрэ кыйахаммыттыы, өс саҕа буолар курдук. Баҕар, кинилэр да биһиги курдук тыл-тылларыгар киирсибэттэрэ буолаарай? Арааһа, оҕолорун көтүтэ охсон, өссө да ситэри сиппэтэх чараас кынаттарынан балачча ыраах, сындалҕаннаах сырыыны кыайалларыгар, хото сапсынан хоту сиртэн тэскилииргэ тиһэх ыйыыны-кэрдиини биэрэллэрэ эмиэ дьыл ыпсыытыгар тутуу былдьаһыыта буолуо.

Ол эрээри, ханныгын да иһин, күһүҥҥү айылҕа туспа кэрэлээх, сиэдэрэй мааны көстүүлээх. Кыйахаммыт да чыычаах ырыатын киһи аахайбат. Соҕотохто сур гынан кутуруктара субуруйар моҕотойдор сырыылара сыыдамсыйбытын эмиэ атыҥыраабаккын. Кыстык кыһарҕана чугаһаан, түбүгэ үксээн, тус туһугар ким да олорон турар туос иллэҥэ суох. Тыаҕа тахсан тирбинэр икки, дьиэҕэ-уокка сааһыланар икки, уһун күҥҥэ бүппэт дьаһал, тыын кыһалҕа ыал аайы баар суол. Арай, итинник түбүк кими дьалты хаамара буолуой?

* * *

– Дьэ диэ, күһүн диэн бу ээ. Көрдөс да мэнэрий, тохтуур аата суох күлүгээннээтэ буолбат дуо? Кэлэбин да бүтэр онон диэтэ. Хара уутун халлаантан харса суох куппута да, соннук бэйэтэ иҥэриннэҕэ. Сир ийэ хонноҕо-быттыга билигин да туруктаах. Бэйи, мантан инньэ уу-хаар кыаҕын ылан иһиэ ээ. Тугу диигит, ханна баарый диэх курдук күн буолбут буолбаат, – оргууй аҕай табаҕын таһааран, бөппүрүөскэтин сототун баҕыарбыт модороон тарбахтарынан бэркэ кичэйэн кум-хам тута-тута, «маҕаһыын бастайааннай килийиэнэ» диэн муодунай ааттаах Аппырыыс оҕонньор күө-дьаа буолла.

– Хайа-ы, оттон түүнү быһа бу тыал сөп оҥордо буолбат дуо? Быһа иһиирэн, сабыта үрүтэлээн, түннүк ыстаабанын талыгыратан, айыы-айа, ол абынатабына аҕыйах чалбаҕы киһилиэ дуо? – дэриэбинэ биир саамай биллиилээх киһитэ, «хоп-сип хаата» диир Морууса баабыскалара, «иэхэйбин» диэбиттии, итини сыыска түһэрбэккэ иилэ хабан ылла.