КЭЛЭР ҮЙЭ КИҺИТИГЭР
Мин төрөөн төлөһүйбүт алааспар
Эн үөскүөҥ, олоруоҥ – билэбин.
Эйиэхэ, ол ыраах бырааппар,
Бу ыллыыр ырыабын аныыбын.
Дьиибэргии, сонньуйа, эн ааҕыаҥ
Дирбийэр мин ырыам хоһоонун:
Биһиги үйэбит халлаанын,
Эн көрүөҥ охсуһуу толоонун.
Биһиги, эн убай дьонноруҥ,
Дүрбүөннээх үйэҕэ олоорпут,
Олохпут бу сырдык хоһоонун
Охсуһуу уотугар айарбыт.
Күн аайы куттанан турбакка,
Өлүүнү утары барарбыт,
Таптыырбыт, ыллыырбыт дьыбарга,
Буурҕаҕа муммуту сирдиирбит.
Мэһэйи, өлүүнү эһэрбит
Эн үөскүүр күөх мичил алааскар.
Күн аайы суол солуур этибит
Өспөт дьол айанын аартыгар.
Көмүскээн чэлгиппит алааспар
Эн үөскүөҥ, мичээриэҥ – билэбин…